Комсомол 105 сааһа Өргүөт нэһилиэгэр

Муус устар 1  күнүгэр Өргүөт нэһилиэгин библиотекатыгар Саха сиригэр комсомол тэриллибитэ 105 сылыгар анаммыт тэрээһин ыытылынна. Өргүөт нэһилиэгин комсомолецтара оччотооҕу эдэр саастарын ахтан санаан кэпсэттилэр, викторинаҕа эппиэттээтилэр, “Өргүөт комсомолецтара” видео көрдүлэр, комсомольскай ырыа ыллаатылар, комсомольскай билиэттэрин, ол саҕанааҕы хаартыскалары көрдүлэр, “Комсомол мин дьылҕабар” кинигэ быыстапкатын билистилэр.