Кыайыы
“Сэрии бүттэ! Кыайыы!
Фашистары самнардыбыт!” –
Радио саҥарда.
Кулгаах истиэн иннигэр
Сүрэх эрдэ сэрэйдэ.
Үөрүү күрүс долгуна,
Халыс гынаат, миигин
Өрө анньан таһаарда,
Миэхэ кынат үүннэрдэ.
Хоһум иһэ дьэргэйдэ,
Кэҥии, сырдыы түстэ, дьэ,
Түннүк тааһа кытта күллэ…
Тулам миэнэ ырыа буолла,
Дууһам миэнэ ырыа буолла.
Баҕардахпыан: кууһуохпун
Дьоммун, сирбин, халлааммын,
Көтөҕөн ылан, ууруохпун
Көрсө түспүт саллааппын.
Кыайыы күнэ кэллин диэн
Кыттыспытым мин эмиэ
Кыстык-балта ньиргиэригэр,
Күүстээх үлэ күргүөмүгэр.
Аҕа дойдуом, үчүгэйиэн
Мин эйиэхэ төрөөбүтүм,
Көҥүл сиргэ үүммүтүм!
Киэн туттабын ийэ сирбинэн,
Советскай киһи буоларбынан!
Аҕа дойдуом, күммүт – дьолбут,
Аныыбын эйиэхэ: олохпун,
Сүрэҕим төлөнө буолбут
Эдэр ырыабын-тойукпун.
Эн иннигэр иэстээх буолуом
Тыыннааҕым тухары, Күн-дойдуом!
Андаҕайабыт: бу улуу күнүнэн,
Өлбүт геройдар кэриэстэринэн,
Өлбүттэр олохторун
Тыыннаахтар, биһи, салгыахпыт,
Ситэрбэтэх тойуктарын
Ситэрэн туойуохпут, ыллыахпыт!
Сэбиэппит кыайыылаах үйэтин
Ыччаттара буолбут дьоллоохпут,
Коммунизм аартыгын дабайдын
Биһиги социалистическай олохпут!
1945 с.
Доҕоруом, көрүстүбүт буолбаат!: хоһоон/Т. 1: Күндү таас тэҥэ : хоһооннор, поэмалар/ Леонид Попов ; [хогмуйан оҥордо, аан тылын суруйда Н.Е. Винокуров-Урсун]. – Дьокуускай : Бичик, 2014. – 39-40 с.
Хаһан умнар үһүбүт
Хаһан умнар үһүбүт
Хара дьайдаах өстөөҕү
Хампы сынньар туһугар,
Халҕаһалыы анньыллан,
Халыан, дохсун сэлиинэн
Халыһыппыт айаны?!
Хаһан умнар үһүбүт,
Хаарыаннаахай дьоммутун
Хаалларарбыт кээлтигэр,
Хараастыбыт санааны
Харыйаҕа бэлиэтээн –
Хастыы охсон ааспыты?!
Дьэдьэн, отон симэхтээх,
Кэрии хатыҥ киэргэллээх,
Кэнкил-силик дойдубут,
Чиэскин түһэн биэрбэккэ,
Чиэски омук сиринэн
Тэлэһийэн кэллибит.
Кыайыы уһун аартыгын
Кыыдааннарын көрдүбүт:
Кырдьыбатах да иһин
Кырыаланна чанчыкпыт,
Кыыһырбатах да иһин
Кырыыланна харахпыт.
Атаан сэрии арыллар
Арҕаа диэки арҕаҕын
Ааҥнаан туран ыстыбыт,
Иирээн илбис иитиллэр
Илин сытар уйатын
Ирдээн туран эстибит.
Алгыы хаалбыт артыалга
Арыы, кымыс ыһыаҕын
Арыйсыһа кэллибит,
Тиҥилэҕи тэнитэн
Чигдилээбит тиэргэни
Чэчирэтэ кэллибит!
Хаарыан дьолу харыстаан
Хара дьайдаах өстөөҕү
Хампы сынньар туһугар
Халыан, дохсун сэлиинэн
Халҕаһалыыр айаны
Хаһан умнар үһүбүт?!
Хаһан умнар үһүбүт?!
1946
Эйэ холууба: хоһоон/Талыллыбыт айымньылар: хоһооннор, поэмалар/Петр Тобуруокап – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1977.- с. 28
Кыайыы күнэ
Күүппүт күммүт,
Күндү күммүт –
Өлбөт-сүппэт кэскиллэнэн,
Үөрүү-көтүү үктэллэнэн,
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Түмсүү күнэ,
Төлкө күнэ –
Сордоох сэрии суоһа мөлтүүр.
Сорсун санаа өрөгөйдүүр
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Олох күнэ,
Уруй күнэ –
Норуоттарга эйэ, эрэл
Туругурар, дьоллоох, кэрэ
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Үтүө күммүт,
Үрдүк күммүт –
Үйэ-сааска өлбөөдүйбэт,
Өһөр диэни өрүү билбэт
Кыайыы күнэ
Бүгүн үүннэ!
Кыайыы сулуһа: хоһоон/Талыллыбыт айымньылар: кэпсээн, хоһооннор, поэмалар, тылбаастар, ахтыылар, ыстатыйалар/ Макар Хара ; [хомуйан оҥордо: Е. Г. Винокуров, ред. сэбиэт: А. М. Иевлева, Р. Н. Корнилова, З. М. Кузьмина, В. К. Маршинцев]. – Дьокуускай: Сайдам, 2016. – 128 с.
Бүгүн
Бүгүн, Улуу кыайыы күнүгэр,
Эҕэрдэлиэҕиҥ кинилэри,
Ийэ дойду көмүскэлигэр
Кыргыһан, кыайан кэлбиттэри:
Маршаллары, адмираллары,
Сатыы, кынаттаах сэриилэри,
Халлааммытын, киэҥ муоралары
Харыстыыр эрэл илиилэри.
Эҕэрдэлиэҕиҥ күүс үлэнэн
Сэрии дьулааннаах сылларыгар,
Ийэ дойдуга эрчим эбэн
Модун күүс оҥорбуттарыгар:
Рабочайы, колхозтаахтары,
Биһиги тайҕабыт булчутун,
Уолаттары, кыргыттары –
Хорсун герой оҕолорбутун.
Ахтыаҕыҥ сүрэхпит умнубат
Дириҥ иэйиитинэн күн бүгүн,
Сэрии толоонугар охтубут
Аҕа, ини-бии дьоннорбутун.
Буорах уоттаах сыллары курдат
Илэ-бааччы кэлэн көстөллөр,
Адьас тыыннаах субу баар курдук,
Сэрииттэн эргийбэтэх дьоннор.
Кинилэр биһигини кытта
Эмиэ үөрэр-көтөр курдуктар,
Сэрии саҕанааҕы уот саҕахтан
Сулус буоланнар, дьон буоланнар
Көстөн кэлэллэр барахсаттар.
Эҕэрдэ эһиэхэ, геройдар,
Бу кыайыыны аҕалсыбыттар,
Дьолбут иһин охтубуттар.
1968
Советскай Армияҕа: хоһоон/Талыллыбыт хоһооннор: хоһооннор/Иннокентий Эртюков – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1967.- с. 111
Ыам ыйын 9 күнэ
Үчүгэй да этэ ыам ыйын
Тохсус сарсыардата, —
Кэлэр үйэлэргэ суол ыйан,
Күммүт сандаарбыта.
Ол күҥҥэ саа тыаһа, санаабар,
Үгүс үйэлэргэ,
Сэриилэр халҕаннарын сабар
Сэрэтии буолбута.
Саабытын ууран, суулаабыппыт,
Аны эстимэ диэн,
Үөрүү ырыатын ыллаабыппыт,
Оо, ол күн кэрэтиэн!
Оннук күн үүнүөн баҕарабын
Саллаат доҕотторбор,
Тарҕастыннар кинилэр бүгүн
Эмиэ дьиэлэригэр.
Сэрии бүттэ, сэрии буолбат диэн,
Бары сир үрдүгэр,
Дьоннор эмиэ ыам ыйын килбиэн
Күнүн көрүстүннэр.
Анастасия Егорова
БЭС ЫЙЫН 22 КҮНЭ, 1941 СЫЛ
И.И. Артамонов
Сайылык дьиэлэрин аһаҕас аанынан
Буорах сыта эмискэ аҥылыйбыта…
Холорук курдук, өрө ытыллан,
Соһумар сурах тарҕанан барбыта.
Күндүл күннүүн күлүгүрэ өһөн,
Сир, халлаан хараҥаран ылбыта…
Аат эрэ харата үөһэ көтөн,
Күөрэгэй санньыйа ыллаабыта.
Күлэ -үөрэ турбут айылҕа күөҕэ
Ол күн тута кэхтэн түспүтэ.
«Сэрии» диэн тыл дьиэттэн дьиэ5э
Харах уута аргыстаах киирбитэ.
Лыахтыын сырсар кыра уолаттар
Чаачар чааларын кистии уурбуттара,
Ар5аа ыраах умайар куораттар
Уот төлөннөрүн көрөр куруктара.
Чуумпу сайылык дьиэтин боруогун
Сэрии тыйыс тыала атыллаабыта,
Улуу Аҕа дойдубут бар дьонун
Өстөөҕү утары турарга ыҥырбыта.
Кыайыы салюта
Дойдубут илиҥҥи быыһыгар
Кыыдааннаах кыһыммыт баранна,
Чаҕылхай сааскы халлааныгар
Үөрүүлээх сурахпыт тарҕанна.
Аҕалла мөлүйүөн сүрэҕэр
Өр кэмҥэ кэтэспит күннэрин,
Хаан утахтаах өстөөх сиригэр
Тиһэх канонада ньиргиэрин.
Бу бүгүн кыһыл буойуннар
Берлин куораты ыллылар,
Рейхстаг үрдүгэр тахсаннар
Кыайыы Знамятын астылар.
Кытыастар Кыһыл Знамяттан
Аан дойду үөрүүнэн долгуйар,
Ол тахсар саҥа күн уотуттан,
Баттаммыт дьон-аймах уһуктар.
Сир киинэ Москва куоракка
Кыайыыбыт салюта ньиргийэр,
Сибэкки букета халлааҥҥа
Айхаллаан ыһылла үрэллэр.
Уруйдан, тапталлаах Дойдубут!
Аатырда эн аатыҥ аар-саарга,
Бигэтик эрэнэр буоларбыт
Бу кэлбит саргылаах Кыайыыга.
1945
Полк знамята: хоһоон/Көтүү: хоһооннор, поэмалар/Иннокентий Артамонов – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1978 – с.175
ПОЛК ЗНАМЯТА
Иннокентий Артамонов
Кыыһар төлөнүнэн кытыастар
Ааспыт сыллары саната,
Кыайыы бэлиэтэ буолан,
Көстөр полк знамята.
Кини аттыгар дьиппиэрэн,
Харабыл саллаат турар,
Көнөтүк, чиэс биэрэн,
Гвардеецтар ааһаллар.
Бу знамяны бастатан,
Түүн-күнүс уот буурҕаҕа
Ынчыктыы сытар Украинанан
Полк арҕаа барара.
Барара чаҕылҕан дапсыыр –
Снаряд ардаҕын аннынан
Чиэһи, көҥүлү көмүскүүр
Үрдүк эрэли ылынан.
Буулдьа тэһитэ сүүрбүт
Гвардеевскай знамя
Дьол, эйэ иһин охсуспут
Геройдары санатта.
1954
Сибэкки буолбут сүрэхтэр: хоһоон/Көтүү: хоһооннор, поэмалар/Иннокентий Артамонов – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1978 – с. 185
БЫРАСТЫЫЛАЬЫЫ
Тимофей Сметанин
Тэлгэһэттэн дьэ тэйэр
Тэргэн аартык тэлэлиннэ,
Уоруктан дьэ арахсан
Ылсар чаас турда.
Кэрэ киэҥ хонууларым
Кэннибэр нэлэһэ сыттылар,
Айыллыбыт аан алаһаларым
Алгыы хааллылар.
Арахсыы ыарын кыайан
Аналлаах доҕорум барахсан,
Харах уутун куурдан,
Хатан тимир санаалан.
Арылык харахтаахпын ахтан
Арбы-сарбын буолуом суоҕа,
Ахтылҕаным абатын
Аҥнаабыт адьырҕа өстөөҕү
Аартыктаах үҥүүнэн
Анньан аһарыам.
Сирим, сэгэрим тапталым
Силбиэтиир өрөгөй өһүнэн
Сидьиҥ өстөөҕү
Сиҥнэрэн дьаралытыам.
Быраһаайдарыҥ, кэрэ доҕотторбут,
Быраһаай, кэрэ доҕотторбут,
Быраһаай, быстах кэмҥэ
Саха сирэ көҥүл олохпут!
Кэтэһин, доҕоттор, кэлиэхпит,
Эрэниҥ, биһиги эргийиэхпит
Сэрии кыайыылаах бүтүүтэ,
Сир ньуурун тупсуута,
Сибиэһэй салгын тэлгэнэ
Сир халлаан сырдыыта.
Кэтэһиҥ, доҕоттор, кэлиэхпит,
Эрэниҥ биһиги эргийиэхпит,
Кырыстан сибэккилэр,
Чээлэй күөҕүнэн чэмэлиһэр,
Дьэрэкээн өҥүнэн дьиримниһэр,
Киэҥ Лена аралыйар
Кэлэр дьыл сааһыгар.
Тулабыт үөрэ-көтө туруоҕа.
Сиппэтэх тойуктары биһиги,
Оччоҕо ситэ туойуохпут,
Итии эркиннээх кэркэ олоҕу
Оччоҕо дьэ олоруохпут
Улуу дьыалаҥ өрөгөйүн
Иннокентий Артамонов
Истибитиҥ дуо, канонада
Сири титирэтэр тыаһын,
Чох хара халыҥ буруота
Халлаан уорҕатын сабарын?!
Көрбүтүҥ дуо, уот атаакаҕа
Буулдьа кытыастар ардаҕын,
Өстөөх арҕаҕын ылыыга
Долгуннуу түллэн бараргын?!
Өйдөөбүтүҥ дуо, ол туох иһин,
Өлүү утары барбыккын,
Саллаат бүтэһик кэриэһин
Үйэ-саас илдьэ хаалбыккын?!
Билбитиҥ дуо, тыыннаах ордубут
Сүрэх долгуйар үөрүүтүн,
Айхаллаан ыраас халлааммыт
Чаҕылхай күннүүн көрсүүтүн?!
Санаабытыҥ дуо, ол түгэҥҥэ
Тапталлаах көмүс доҕоргун,
Сиргэ, халлааҥҥа, бу күҥҥэ
Төрүөххүттэн уруулуугун?!
Фронтовик эбит буоллаххына,
Маны барытын ааспыккын…
Уоттаах сэрии ветерана,
Ытыктаан этэллэр ааккын.
Ууну, уоту ааһан туораабыт
Хорсун саллаат, тула көрүн:
Хайдах курдук Ийэ сирбит
Киэргэннэ, тубуста бүгүн.
Бу дьолу, көҥүлү аҕалбыт
Улуу Дьыалаҥ өрөгөйүн
Үөскүүр көлүөнэ ыччаппыт
Өссө үрдүктүк көтөхтүн!
1980