“Дьоруой сардаҥата” улуустааҕы аахсыйа Өргүөт нэһилиэгэр

Бүгүн, ыам ыйын 7 күнэ — биһиги улууспутугар Дьоруойдар күннэрэ! Бу күн  – Аҕа дойдубут иннигэр хорсуннук сэриилэспит, үлэлээбит, олохторун толук уурбут ытык дьоммутун ахтар-саныыр, кинилэр хорсун быһыыларын үйэтитэр ытык күн!

Өргүөт нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар уонна Трофим Иустинович Петров аатынан Өргүөт нэһилиэгин орто оскуолатыгар анал байыаннай дьайыыга сырдык тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахтарбытыгар анаан чүмэчи уматылынна, уолаттарбыт туһунан видео көрдүбүт, кинигэ быыстапката тэрилиннэ, хас биирдии байыаспытыгар аналлаах альбомнары билистибит. Библиотекаҕа байыастарбытын кэриэстээн аймахтара кэриэстэбил чүмэчи уматтылар.