“Кинигэ күүһэ” аахсыйа Өргүөт библиотекатыгар

Ыам ыйын 27 күнүгэр  Өргүөт модельнай бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүн көрсө «Кинигэ күүһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи биир ситиминэн ыытыллар аахсыйа буолла. Бу аахсыйа тэрээһинэ 2019 сыллаахха Национальнай бибилэтиэкэҕэ СӨ Култуура министиэристибэтин өйөбүлүнэн тэриллэн ыытыллыбыта. Быйыл аахсыйа ахсыс төгүлүн ыытыллар. Ыам ыйын 27 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр аахсыйаҕа кыттыһаммыт Өргүөт орто оскуолатын директора Прокопьева Дзидра Даниловна “Көмүс сүгэ” диэн чуваш омук остуоруйатын оҕолорго ааҕан иһитиннэрдэ. Оҕолор остуоруйаны сэргээн иһиттилэр уонна ааҕыы кэнниттэн айымньыны ырытан боппуруостарга эппиэттээтилэр. Тэрээһин бүтэһигэр аахсыйа кыттыылаахтарыгар туоһу сурук туттарылынна. Бары кыттыыны ылбыт уһуйаан иитиллээччилэригэр, оскуола үөрэнээччилэригэр, учууталларга, Дзидра Даниловнаҕа махтанабыт.