Ыам ыйын 27 күнэ – Бүтүн Россиятааҕы Бибилэтиэкэ күнэ

Ыам ыйын 27 күнэ – Бүтүн Россиятааҕы Библиотека күнэ. 1995 сыллаахтан ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн библиотека күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн дойду үрдүнэн билиини-көрүүнү, саҥаны-сонуну, сырдыгы, кэрэни тарҕатар библиотека үлэһиттэрэ, үтүө үгэскэ киирбит, бииртэн биир ааҕааччылар болҕомтолорун тардар тэрээһиннэри ыыталлар.Бу күн Өргүөт модельнай библиотекатыгар уһуйаан уонна оскуола үөрэнээччилэригэр тэрээһин буолла. Ол курдук поэт Петр Поликарпович Одорусов 95 сааһыгар анаан хоһооннорун аахтылар, “Мой любимый литературный герой” уруһуй күрэҕэ буолла, “Мои любимые сказки” диэн викторинаҕа остуоруйаны таайыыга эппиэттээтилэр, таабырыннары таайдылар. Ону таһынан саамай ааҕар кылаас күрэҕэр “Самый читающий класс” анал аат хаһаайыттарынан Андреева Анна Ивановна классоводтаах 3 кылаастар буоллулар.

Күндү ааҕааччыларбыт, доҕотторбут библиотека аана өрүүтүн аһаҕас, саҥаттан-саҥа кинигэлэр, сурунааллар эһигини мэлдьи күүтэллэр. Бу курдук куруук бииргэ буолан кэрэни кэрэхсээн, сырдык санааннан салайтаран утуеҕэ үктэниэҕиҥ, кэскили түстүөҕүҥ!