
Бэс ыйыгар туох барыта сириэдийэр, ситэр. Кэҕэлэр муҥутаан этэн чоргуһаллар, чыычаахтар ырыалара дьырылыыр. Күөллэргэ балыктар күннээн ыыллар. Толоон-сыһыы ахсын сибэккилэр ситэллэр: намыһах налыы сирдэргэ таҥара кийииттэрэ, кулун ньургуһуннара, чуораанчыктар, талахтар анныларыгар тураах атахтара, кырдалларга алтан оттор, сир ийэлэрин симииллэр. Ходуһаларга араас оттор үүнэллэр, дьикти кэрэ үрүмэччилэр көтөн тэлимнэһэллэр.
– Бэс ыйыгар туох барыта сириэдийэр, ситэр.
– Ый саҕаланыытыгар саха ыаллара сайылыкка тахсаллар.
– Бэс ыйыгар ыһыы үлэтэ бүтэн, хомуурга бэлэмнэнэллэр.
– Бэс ыйа-ыһыах ыйа.
– Бу ыйга саамай уһун күннэр тураллар. Ый 21 күнэ-саамай уһун күн, саамай кылгас түүн.
БИТ, БИЛГЭ. БЭС ЫЙА.
Аҕыйах хонугунан кэлэр күнү-дьылы үөн-күйүүр майгытынан, былытынан билэллэр. Бу ыйга самыыр уонна куйаас солбуһар. Бэс ыйын сүрүн самыыра – анды кэлэр самыыра. Икки тыаллаах: олооһун тыала уонна мас сыырар (сиэмэтэ көтөр) тыала. Бэс ыйа ахсынньыны батыһар.
Өскөтүн: Ый дьиэлэннэҕинэ, самыыр кэлэр;
Илинтэн уонна соҕурууттан тыалырдаҕына, ардах түһэр;
Кэҕэ кэлэҕэйдээтэҕинэ, сотору ардыаҕа;
Хараҥаччы үөһэнэн көтөр буоллаҕына, кураан буолар;
Саах хомурдуоһа көтөн дыыгыныы сырыттаҕына – ыраас күн буолар, сүтэн хааллаҕына – сотору кэминэн ардыаҕа.
Кымырдаҕас уйатыттан барыыта – кэлиитэ элбээтэҕинэ, уһаатаҕына – ардах суох.
Күнү-дьылы билгэлииргэ маннык күннэри кэтээн көрүү ордук суолталаах:
3 — сөҥүү түстэҕинэ, күһүн эмиэ ардахтаах буолар.
10 — чуумпу буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэс.
16 — хотугулуу-арҕааттан тыал үрдэҕинэ, өҥ сайын буолуо. Этиҥнээх ардах — от үлэтэ уустуктук ааһарын бэлиэтэ. Күнү быһа самыырдаатаҕына — тэллэй элбэх.
Бэс ыйын 3 күнэ – Саар Көстөкүүн Таҥара күнэ. Анды үгэннээн киирэр. Сайылык малааһына.
Бэс ыйын 16 күнэ – Хотугулуу арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.
Бэс ыйын 19күнэ – Күн уһуна 19 чаас 46 мүнүүтэтэ. Мантан ыла бэс 23 күнүгэр диэри биир таһымҥа 4 күн турар.
Бэс ыйын 19 күнэ – От ыйын ортотугар хатыҥ туоһун хастааһын кэмэ.
Бэс ыйын 21 күнэ — ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Бу күн этиҥнээх ардах түстэҕинэ — от хомуура мөлтөх.
Бэс ыйын 22 — күнэ — Саамай уһун күн. Саамай кылгас түүн
Бэс ыйын 25күнэ — Сайын иэҕиллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. “Күлгэри ыллыыр” дииллэр.
Бэс ыйын 26 күнэ — Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Мас кэхтэр тыала туһэр. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.