Японияны утары сэриигэ кыттыбыт Өргүөт нэһилиэгин олохтоохторо

Балаҕан ыйын 3 күнэ — Арассыыйа бойобуой албан аатын күнэ. Милитаристскай Японияны кыайыы уонна Аан дойду иккис сэриитин түмүктэниитэ (1945 сыл)

1945 сыллаахха ССРС сойуустуу арҕааҥҥы дойдулар иннилэригэр эбээһинэһин толорон (Ялтатааҕы конференция быһаарыытынан), Японияны утары сэриигэ киирбитэ. 1945 сыллаахха ССРС уонна Япония сэриилэрэ — 1945 сыл атырдьах ыйыттан балаҕан ыйын 2-гэр диэри салҕаммыта.

Кыһыл аармыйа Маньчжуриятааҕы эпэрээссийэтин кэмигэр мөлүйүөнүнэн ахсааннаах дьоппуон Квантунскай аармыйатын үлтү урусхаллаабыта уонна Хотугулуу-Илиҥҥи Кытайы, Кэриэй дойдутун, Соҕуруу Сахалины, Курил арыыларын өстөөхтөртөн босхолообута.

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Америка «Миссури» линкоругар Япония капитуляциятын туһунан актаҕа илии баттаммыта.

Японияны кытта сэриигэ Саха сириттэн 3685 киһи кыттыбыта, мантан 2727 байыас дьиэтигэр төннүбүтэ. 

Киһи аймах устуоруйатыгар саамай улахан сэрии түмүктэммитэ.

Трофим Иустинович Петров аатынан Өргүөт орто оскуолатыгар бу бэлиэ күҥҥэ анаан, балаҕан ыйын 5 күнүгэр патриотическай уруок буолла. Бу уруокка 6 кылаастан 9 кылааска дылы үөрэнээччилэр сырыттылар. Педагог- организатор Ноговицына Анжелика Александровна бу күн киһи аймах устуоруйатын саамай хааннаах, улахан сэрии уонна уот кураан тохтообут ытык бэлиэ даатата урусхаллаах устуоруйатын кэпсээтэ, оҕолор “Разгром Японии” киинэни көрдүлэр, устуоруйа чахчыларын билистилэр.

Бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн Япония сэриитигэр кыттыбыт албан ааттаах буойуттарбытын ахтан, санаан ааһыаҕыҥ! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Иванов Куприян Иннокентьевич

Николаев Аввакум Николаевич