Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха Республикатын судаарыстыбыннаһын күнүгэр аналлаах

“ Мин дойдум – Саха сирэ” диэн төрөөбүт дойдуга тапталы, киэн туттууну иитэргэ аналлаах тэрээһин буолла. Саха сирин туһунан хоһооннору дорҕоонноохтук ааҕыы ону таһынан лото: “Саха сирин төһө билэҕин?” өркөн өй оонньуута буоллулар. Өркөн өй оонньуутугар үс хамаанда кыттыыны ылла: “Үмүлүүннэр”, “КСК кыталыктара”, “Кэрэ”.

1 миэстэ “КСК кыталыктара”, 2 миэстэ – “Үмүлүүннэр”, 3 миэстэ – “Кэрэ” хамаандалар буоллулар.