“Умсулҕаннаах ааҕыы” иккис бырайыагын чэрчитинэн нэһилиэк иһигэр ыытыллар, бырайыак бэһис түһүмэҕэ, Саха норуодунай поэта, киэн туттар биир дойдулаахпыт, фронтовик, учуутал Петр Николаевич Тобуруокап “Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр” диэн хоһоон-ырыа күрэҕэ Өргүөт модельнай библиотекатыгар алтынньы ый 20 күнүгэр буолла. Күрэххэ оскуола үөрэнээччилэрэ уонна уһуйаан иитиллээччилэрэ кыттыыны ыллылар.











