
*Өргүөккэ Эһиэкэй Балбаара 100 сааһыгар аналлаах республиканскай оһуохай күрэҕэ буолан ааста*
Сэтинньи 20–21 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр Иванова Варвара Семеновна — Эһиэкэй Балбаара төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах республиканскай оһуохай күрэҕэ ыытылынна. Эһиэкэй Балбаараҕа өйдөбүнньүк дуоска олорбут дьиэтигэр арылынна.

Икки күннээх күрэххэ Дьокуускай куораттан, Горнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү уонна Сунтаар улууһуттан оһуохай этээччилэр кыттыыны ыллылар. Оҕолор уонна улахан дьон бэйэлэрин бөлөхтөрүнэн арахсан оһуохайдыыр дьоҕурдарын, тута хоһуйууларын көрдөрдүлэр.
Эһиэкэй Балбаара кыыһа — Надежда Семеновна Макарова — ийэтин туһунан истиҥ ахтыылары үллэстэн, тэрээһини өссө ордук дириҥ суолталаата.
Бастакы күн түмүгэр, Өргүөт нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр олус үчүгэй, сэргэх концерт буолан бу бэлиэ кэми ордук киэргэттэ.
Иккис күн Т.И.Петров аатынан Өргүөт нэһилиэгин орто оскуолатыгар маастар-кылаастартан саҕаланна. Маастар-кылаас Надежда Семеновна Макарова сэрээккэлэринэн арыллан барда. Физкультура үөрэхтээх Надежда Семеновна оҕолорго уонна ыалдьыттарга олус үчүгэй сэрээккэлэри үөрэттэ.

Маҥаастан кэлбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ Егоров Егор Егорович — Үс Дьөгүөр мустубут дьоҥҥо оһуохай хаамыытын эрэ буолбакка, хас биирдии хамсаныыга, тылга-өскө араас албастары үөрэттэ. Салҕыы маастар-кылааска оһуохай эйгэтигэр ааттаах-суоллаах эдэр дьон — Розанна Герасимова уонна Василий Игнатьев олус үчүгэй сүбэлэри-амалары биэрдилэр. Бу маастар-кылаас, чуолаан оҕолорго, ордук суолталаах уонна туһалаах буолара саарбахтаммат.
Финалга ортоку бөлөххө Марианна Хобусарова, Ньурбаттан Никита Семенов уонна Василий Игнатьев «Этэрбэс», «Дьөһөгөй» уонна «Ытарҕа» диэн темалары талан күөн көрүстүлэр. Онтон үһүс бөлөххө Маҥаас нэһилиэгиттэн Егоров Егор Егорович — Үс Дьөгүөр, Кырыкыйтан Надежда Егоровна Николаева, Бэрдьигэстээхтэн Дария Егоровна Алексеева уонна Дьокуускай куораттан Марта Тимофеевна Николаева «Тойон сэргэ», «Дьахтар симэҕэ», «Дьыл оҕуһа» уонна «Эһиэкэй Балбаара» диэн чэпчэкитэ суох темаларга тута хоһуйан оһуохайы эттилэр.
Кыайыылаахтар уонна анал аат хаһаайыннара сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар.
Күрэх Эһиэкэй Балбаара үтүө үгэстэрин үйэтитиигэ уонна оһуохайы тарҕатыыга улахан суолталаах тэрээһин буолла. Оһуохай дьону түмэн, санааны көтөҕөн, үтүө бырааһынньык санаатын үөскэттэ! Онон, бу тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааспыта баар дьону үөрдэр.




Өргүөт талба талааннаахтарын быыстапката тэрилиннэ.



