Олоҥхо дьыктаана – 2026

“Олоҥхо дьыктаана” аахсыйа аан бастаан 2019 сыллаахха ыытыллыбыта. Онно Дьокуускай куораттан уонна өрөспүүбүлүкэ 28 улууһуттан 9300-тэн тахса киһи кыттыыны ылбыта.

Дьыктаан тиэкиһин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун үлэһиттэрэ бэлэмнээтилэр. Өргүөт нэһилиэгэр  дьыктааны библиотекаҕа уонна Өргүөт сүрүн оскуолатыгар улахан дьон суруйдулар. кыттааччылар П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ олоҥхотуттан быһа тардыыны суруйдулар. Хас биирдии кыттааччыга сэртипикээт, оттон туйгуннарга диплом туттарылынна.