
Ыам ыйын 15 күнэ — Дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнэ.
Күн бүгүн үгүс сайдыылаах дойдуларга оҕо төрөөһүнүн сыыппарата нэһилиэнньэ аҕыйыырыттан быдан кыра. Ол иһин демографическай балаһыанньаны тупсарарга Арассыыйаҕа ийэ хапытаалын, оҕо харчытын, араас социальнай чэпчэтиилэри, ипотекаҕа намтатыллыбыт ыстаапканы, кирэдьиити төлөһөргө көмө харчыны о.д.а. киллэрбиттэрэ.
Киһи олоҕор баар саамай күндү баайа — дьиэ кэргэнэ, чугас дьонуҥ олох араас ыарахаттарыгар өйөбүл, дурда-хахха буолаллар, үөрүүгүн-хомолтоҕун тэҥҥэ үллэстэллэр, мунчаарар-муунтуйар кэмҥэр сэргэхситэн, күүскэр күүһү эбэллэр. Манна саҥа олох үөскүүр, ийэ-аҕа ууһун үтүө үгэстэрэ салҕанар. Онон дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ уонна сыаналааҥ!
Дьиэ кэргэҥҥит таптал, дьол уйата буолан, ил-эйэ эрэ эҥэрдэстин, холумтаҥҥыт сылаас, оҕо-уруу толору, олоххут баай-байылыат буолуохтун.
Таптал биһигэ- дьиэ кэргэн
Дьол туоната – дьиэ кэргэн
Оҕо мичээрэ – дьиэ кэргэн
Дойду эрэлэ – дьиэ кэргэн
Дьиэ кэргэн туһунан өс хоһооннору төһө билэҕин?

Хартыынаны баттаа, өс хоһооннорун наардаа