Болҕойуҥ! Саҥа кинигэлэр!

Улахан буорахтаах киһи / Хомуйан оҥордо С.В. Неустроева; редактор Г.С. Попова-Санаайа/

Кинигэҕэ 54 сыл үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит Учууталлар учууталлара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, ийэ тыл түсчүтэ Тамара Ивановна Петрова туһунан ахтыы хомуллан киирдэ. Үлэбитин кини төрөөбүтэ 90 сылыгар аныыбыт. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһалаах

Сарбыллыбыт таптал:муммут дьылҕалаах көлүөнэ: сэһэн, кэпсээннэр

                Сэһэҥҥэ олоххо бэйэтин суолун көрдөнөр эдэр киһи көрсөр араас түгэнэ илэ чахчы, эмиэ да күлүүлээх гына ойууланар. Тыа көнө уола куоракка албыҥҥа, сэрэхтээх быһыыга-майгыга түбэһитэлиир. Үүнэр сааһын, аармыйаҕа соһумар түбэлтэлэрэ кэрэхсэбиллээхтэр. «Мин кимминий, тоҕо табыллыбаппыный?» диэн ис мучумаана, ыарахаттарга бэриммэт дьулуура, эрэлэ ааҕар киһи дууһатын таарыйар, долгутар.

                Уруулуу тыллаах ааптар сэргэх кэпсээннэригэр дьон сыһыана, доҕордоһуу, таптал эгэлгэлэрэ дьүһүйүллэр.

Галина Иванова-Айтыына «Күнүү содула».

Кинигэҕэ киһи сирдээҕи олоххо аналын, Дьылҕа хаан тургутуутун – киһи соһуччу көрсөр кыһалҕаларын, очурга оҕустарыытын, тапталга бэриниитин уонна таҥнарыытын туһунан кэпсээннэр киирдилэр.

Захар Федоров. Булт мүччүргэннээх түгэннэрэ. Унньуктаах уһун кыһын бүтэн, саас барахсан салаллан кэллэҕинэ, саха дьонугар олус кэтэһиилээх кэм — сааскы кус кэмэ. Куска баар араас көрүдьүөс, умсулҕаннаах түгэннэр, күһүҥҥү тайахха бултааһын, хотугу дойду өрүстэринэн устуу, хара тыа адьырҕатыгар түбэһии олус кэрэхсэбиллээхтик ойууланар. 19 кыра кэпсэээннэр киирбиттэр.

Ксенофонтов, Гавриил Васильевич (1888-1938).
Ураангхай-сахалар : очерки по древней истории якутов. 
Труд первого и самого выдающегося якутского историка и этнографа, яркого общественно-политического деятеля Гаврила Васильевича Ксенофонтова (1888-1938) «Ураангхай-сахалар. Очерки по древней истории якутов» вновь переиздан в наши дни в Национальном издательстве «Айар». 

Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо: урукку Дьокуускай уокурук сахаларын былыргыттан кэпсээннэринэн. Саха омук төрдө буолбут улуу өбүгэлэрбит туох санааттан, ханнык чымаан күүскэ үтүрүйтэрэн бу ураты тыйыс айылҕалаах дойдуну булан олохсуйбуттара, хайдах-туох дьаһанан, тэринэн олорбуттара, улуу уустар — улуустар кимтэн хаан тамайан, сыдьаан тардан тэнийбиттэрэ, ким кимниин күөнтэспитэ, кыргыспыта — бар дьон уоһуттан түспэккэ кэрэ кэпсээн буолан күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ. Ол кэпсээннэртэн саамай сүөгэйэ-сүмэтэ түмүллүбүт кинигэ — сахалар төһө дириҥ силистээх-мутуктаах, туох оҥоһуулаах-ыйаахтаах омукпутун, түгэх өбүгэлэрбит былыт саппыт былыргы сылларыгар туох-ханнык олохтоох-дьаһахтаах эбиттэрин билиэхтэрин баҕалаахтарга дьоһун бэлэх.

Воины-якутяне в Смоленском сражении: 10 июля 1941 – 5 сентября 1943 г.г. Смоленское сражение 1941 г. — одно из крупнейших военных сражений Великой Отечественной войны. В ходе него воины Советской Армии проявили величайшую стойкость и мужество. Они самозабвенно обороняли каждый метр родной земли и наносили по оккупантам сокрушительные удары, чем вынудили их временно перейти к обороне. Это позволило советскому командованию выиграть время для подготовки необходимых резервов к осуществлению оборонительных мероприятий у Москвы. Книга адресована широкому кругу читателей. 

Мэҥэ куттаах тойугум.Ырыанньык. Александра Жиркова-Дьүерэл  Ырыанньыкка хоһоонньут,ону тэҥэ мелодист ааптар “Күннээх ыллыктарым”кинигэтигэр киирбит,бэйэтин матыыбыгар ырыа буолан биһирэммит бэчээттэнэн илик үгүс саҥа хоһоонноро уонна атын поэттар хоһоонноругар дьүһүйбүт уйаҕас иэйиилээх саҥа айымньылара түмүллэн нуоталаах киирдилэр.
Кинигэҕэ баар сигэлэринэн (QR-куод) куйаар ситимиттэн ырыалары дуоһуйа истиэххэ,видеолары кэрэхсээн көрүөххэ сөп.

Оҕо- тыйаатыр эйгэтигэр. Сценарийдар.Евгения Попова.
Хомуурунньукка оҕону кытта айымньылаахтык үлэлиир үрдүк категориялаах уһуйааччы Е.Н.Попова араас сылларга туруоруллубут чаҕылхай, үгүс күрэхтэргэ үрдүк сыанабылы ылбыт нууччалыы,сахалыы тылынан сценарийдара киирдилэр. Бу хомуурунньук хас биирдии уһуйааччыгв,салайааччыга,учууталларга,иитээччилэргэ көмө буолар аналлаах.

Иван Егоров – Сүгэһэрдээх. Ийэ сүрэҕэ Сэрии толоонугар охтубут биэс ини-бии Малгиннар күн күбэй ийэлэрэ Ф.Н. Малгина-Хобороос барахсан буойун уолаттарыныын инники кэккэҕэ мэлдьитин бииргэ баара, кинилэр ыарахан түгэннэригэр иһирэх тылынан, сүрэҕин сылааһынан көмө-тирэх буолара. Олох уонна сэрии… Бу модун уонна уодаһыннаах мөккүөрдэр Хобороос сүрэҕин ортотунан ааһаллара, ыар аһыытын барытын күүстээх санаатынан уйан, кыайыыны көрсөн, саҥа дьиэтигэр сиэннэринэн дьоллонор. Ааптар маны сэргэ «Дьүөгэлиилэр» диэн аныгы олох көстүүтүн көрдөрөр оонньууга хайалара сатабыллаах саһыл саҕалаах буоларын таайтарардыы табатык ойуулуур.

Афанасий Арчылан. Ийэлэриэм, мин кэллим. Уус-уран сэһэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа В.Д. Иванов (1923–2011) ахтыытыгар олоҕуран сурулунна. Василий Давыдович Бүлүү улууһун Чочутугар төрөөбүт, олус дьикти олоҕу олорбут киһи. Оҕо сааһыгар хаста да өлө сыспыт. Икки ийэлээх: төрөппүт уонна ииппит. Хас даҕаны аҕалаах. Г.И. Чиряевы кытта биир кылааска үөрэммит. Мөлтөх харахтаах эрээри, дьулуһан туран, уон аҕыһыгар сэриигэ мүччү туттаран барбыт уонна полка эрэспиэтчигэ буолбут.

Сталинградтан Берлиҥҥэ тиийбит. Геббельс өлүгүн харабылласпыт.  Потсдам кэмпириэнсийэтин, Нюрнберг бырассыаһын харабылыгар турбут. Сталиннааҕы уу хараҕынан көрбүт. Кини ахтыыта, «Я вернусь» диэн ааттанан, суруналыыстар Мария Павлова, Василий Решетников суруйууларынан, туспа кинигэ быһыытынан 2011 с. тахсыбыт. Оттон Саха сиригэр 2023 с. көстүбүт 52 карааттаах алмаас «Иванов Василий Давыдович» диэн ааттаммыта.

•Сэһэн бастакы чааһа 2022 с. бэчээттэммитэ, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.