
Босиков Василий Иванович — Босяк (07.02.1946 – 29.04.2008)-— бэйиэт, 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала.
1946 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр Уус-Алдан улууһугар Дүпсүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Василий Босяк айар үлэнэн 1964 сылтан дьарыктанар. Ити сыл “Эдэр коммунист” хаһыакка кини хоһоонноро тахсыбыттара. II-с «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар гимнин автора. Василий Босяк 2008 сыллаахха муус устар ый 29 күнүгэр өлбүтэ.
Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан,
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэттэн силис тардан
Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн.
“Мин күүстээхпин ийэ тылбынан”

Босяк, Василий
Эн мичээриҥ = Твоя улыбка = Ton sourire / В. Босяк. – Якутск : Якутский писатель, 1995. – 190, [1] с.

Босяк, Василий.
Ойуун үөскээһинэ : поэма / Василий Босяк ; обложка художника Виктора Босикова ; иллюстрации выполнены Парасковьей Ердашевой-Уйулҕалааной. – Дьокуускай : Якутский писатель, 1996. – [15] с.

Поэт кинигэтигэр кэлин сылларга суруйбут таптал, айылҕа, киһи киһиэхэ сыһыанын, игэҕэл туһунан лирическэй хоһоонноро түмүллэн киирдилэр. Автор айымньыларыгар аҕыйах тылынан дириҥ санааны этэр, чабылхай уобарастары айар.

Поэт бу кинигэтигэр эдэр сааһыттан олоҕун тиһэх сылларыгар диэри суруйбут судургу эрээри, ис киирбэх лирическэй уонна олоҕу араастыу көрүүгэ ааҕааччыны токуйдатар дириҥ ис санаалаах хоһоонноро талыллан киирдилэр

В сборник включены стихотворения о доброте человеческой души и счастливой жизни подрастающего поколения

Бу кинигэтигэр сүруннээн таптал уоннна айылҕа туһунан суруллар.

Автор бу кинигэтигэр суруйааччылар тустарынан ахтыылара, оҕону норуот үгэстэринэн иитии уонна төрөөбүт тыл туһунан ыстатыйалара киирбиттэр.