Поэт Одорусов Петр Поликарпович төрөөбүтэ 95 сыла

Одорусов Петр Поликарпович (10.05.1931с-17.01.2013с) — Тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, методист-учуутал, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала,Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина , национальнай “Барҕарыы” фонда  лауреата, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ.

Олоҕун кэрчиктэрэ

  • Петр Поликарпович Одорусов Үөһээ Бүлүү улууһун Иккис Үөдүгэй  нэһилиэгэр 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр төрөөбүтэ.
  • 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы государственнай пединститут естествознание факультетын бүтэрэн 1955-56 сс. үөрэх сылыттан Исидор Барахов  аатынан орто оскуолаҕа химия учууталынан сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Айар үлэтэ

Петр Поликарпович Одорусов суруйуунан 1967с дьарыктанар. Айар үлэҕэ абылаабыт-умсугуппут, үгүс өттүгэр өссө күһэйбит киһинэн Николай Иванович Бойлоховы ааттыыр, үксүгэр кини этиитинэн, сүбэтинэн чаастатык хоһоон суруйар буолбутун туһунан ахтар. Автор хоһоонноро ырыа мелодиятыгар сөп түбэһэр буоланнар, элбэх композитор мелодия айан Саха сирин муннуктарыгар тиийэ ылланаллар. Кини норуокка киэҥник биллибит «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа тылын автора. Бу ырыа грампластинкаҕа уһуллубута уонна ССРС композитордарынСоюһун дипломунан наҕараадаламмыта. «Ыччат ырыата», «Кырачааннар ыллыыллар», «Ырыа – олох аргыһа», «О Якутии пою» диэн ырыа буолбут хоһоонноро хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ. Мантан ураты кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары кырачааннар оҕо саадтарыгар ыллыыллар. Оҕолорго аналлаах уус-уран айымньы сабыылаах конкурсугар 1977 уонна 1980 сс. кини оҕоҕо анаабыт айымнньылара Республикаҕа II-III бириэмийэлэри ылбыта. Араас сылларга суруйбут хоһоонноро түмүллэн, 1991 сыллаахха «Олоҕу туойабын» диэн бастакы кинигэтэ тахсыбыта. Онтон утуу-субуу: «Чэйиҥ эрэ, ыллыаҕыҥ» (1992 с.), «Сахалыы саҥарабыт»(1994 с.), «Саха сирин кыыллара» (таабырын-хоһооннор,1994 с.) «Саха сайдар биһигэ» (1996 с.) айымнньылара, «Үйэ үөскэппит геройа» (2000 с.) поэма тахсыталаабыттара.

Петр Одорусов оҕо эрдэҕиттэн көрдөөх-нардаах, дьээбэлээх ырыалары истибит буолан ис сүрэҕиттэн ырыаны-хоһоону таптыы үөрэммитэ. Автор маҥнайгы икки хоһооно «Сибэкки», «Үнүгэс» 1967сыллаахха «Коммунизм сардаҥата» хаһыакка тахсыбыттара. Онтон ыла барыта 437 айымньы бэчээттэммитэ: 433 хоһоон, 4 поэма. Хоһоонноро 19 араас ааттаах хомуурунньуктарга, 11 хоһооно үөрэх кинигэлэригэр, пособиеларыгар, программаҕа киирбиттэрэ, «Хотугу сулус» №1 (1980, 1983 сс.), «Чуораанчык» №3 (1988 с.), «Чолбон» №1 (1996 с.) сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Ону тэҥэ «Коммунизм сардаҥата», «Үөһээ – Бүлүү», «Индигир уоттара», «Кыым», «Эдэр коммунист», «Кэскил», «Саха сирэ» «Учуутал аргыһа», «Хоһуун», «Бэлэм буол» хаһыаттарга тахсыбыттара.

Ырыа буолбут хоһоонноро

П.П. Одорусов хоһоонноругар мелодия айбыт композитордар уонна мелодистар: Алексеев А. М.; Андросов А.; Афанасьев А.Н.; Бойлохов Н.И.; Васильев А. И.; Васильев С. И.; Донской В. М.; Дудуков А. И.; Егоров В. Е.; Ефимов В. В.; Жирков В. П.; Кобельянов П.Ф.; Колодезников К. П.; Ксенофонтов В.В.; Кысылбаиков Г. Д.; Макарова Н. С.; Николаев В. Г.; Николаева А. И.; Новгородов А. П.; Петров В. Г.; Саввинов А.Б.; Саввинов Н.С.; Саввинова М. И.; Семенов А.Н.; Семенов В.И.; Слепцов Г.Г.; Степанов З.К.; Филиппов А.Д.; Чуручанов Н. Д.; Гуляева М. М.

Автор биһирэммит ырыалара:

  • «Тыыннаахтар умнубат сыллара» Н. И. Бойлохов мелодията, Улуу Кыайыы 40 сылын чиэһигэр 1985 сыл ыам ыйыгар ССРС Композитордарын Союһун маҥнайгы секретара, Социалистическай һлэ Геройа, композитор Тихон Николаевич Хренников илии баттааһыннаах ССРС Композитордарын Союһун дипломунан наҕараадаламмыта, ХХ үйэ чулуу 100 ырыаларын ахсааныгар киирбитэ.
  • «Октябрь дойдутун дьонноро», «Оскуола оҕолорун марштара» Н. И. Бойлохов мелодията, Улуу Октябрь 60 сылын көрсө Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы культура отдела, Норуот айымньытын дьиэтэ, ЫБСЛКС райкома, «Коммунизм сардаҥата» хаһыат редакцията биллэрбит оройуоҥҥа бастыҥ ырыа иһин конкурска кыттан бу икки ырыанан композитор II бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ.
  • «Сэбилэнии сир шарыгар тохтоотун!» Н. И. Бойлохов мелодията, Үөһээ Бүлүү оройуонун иһигэр бастыҥ ырыа иһин конкурска бастыҥ бирииһи ылбыта.
  • «Өктөөп күнүн анныгар» Н. И. Бойлохов мелодията, бастыҥ ырыа иһин оройуоннай конкурска II миэстэҕэ тиксибитэ.
  • «Сахалыы саҥарабыт» А. И. Васильев мелодията, «Аан дойду кэрэтин – оҕолорго» диэн девизтээх мелодистар конкурстарыгар республикаҕа II бириэмийэни ылбыта.
  • «Эрдэ турар элбээтин!» А. А. Андросов мелодията, «Чуопчаара ыллыаҕыҥ!» республиканскай мелодистар конкурстарыгар II миэстэни ылбыта.
  • «Татоша» В. Е. Егоров мелодията, «Аан дойду кэрэтин – оҕолорго» девизтээх мелодистар конкурстарыгар республикаҕа III миэстэҕэ тиксибитэ.
  • «Ветераннар» В. Г. Николаев мелодията, Улуу Кыайыы 50 сылыгар аналлаах Үөһээ Бүлүү улууһун мелодистарын конкурсугар I миэстэни ылбыта.
  • «Прокопий Софронов туһунан ырыа» А. И. Васильев мелодията, Улуу Кыайыы 50 сылыгар аналлаах Үөһээ Бүлүү улууһун мелодистарын конкурсугар II миэстэни ылбыта.
  • «Эбээ» Н.С. Макарова мелодията, «Алтан чуораан айылгы» оҕолорго аналлаах ырыа айарга биллэриллибит республиканскай конкурска II бириэмийэлээх миэстэҕэ тиксибитэ.
  • «Сылайдыбыт», «Ытанньах», «Кыымчааннар», «Бырааһынньык», «Куукула», «Оҕо-аймах биһигэ-оскуолабыт биһиэнэ» А.П.Новгородов мелодията, «Алтан чуораан айылгы» ырыаны айааччылар конкурстарыгар республикаҕа кыттан анал биһирэбил бириэмийэни ылбыта.

Библиография

Кинигэлэрэ

Исидор Никифорович Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола (1876-2001).— Дьокуускай: «Ардах»,  2001.— 172 с.

Күн-Ийэм алгыһын ыламмын.— Дьокуускай: ГУП НИПК «Сахаполиграфиздат», 2005.— 472 с.

Кырачааннарга хоһооннор.— Дьокуускай: Бичик, 2008.— 32 с.

Олоҕу туойабын /ред. И.Е. Иванов-Ороьуунускай.— Бүлүү, 1991.— 108 с.

Саха сирин кыыллара: таабырын-хоһооннор.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1994.— 23 с.

Саха сирин сайдар биһигэ: И. Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола 120 сыла.— Дьокуускай: ООО «Сапи-Торг-Книга», 1996.

Сахам сирин кыыллара: кырачааннарга хоһооннор.— Дьокуускай: Бичик, 2008.— 32 с.

Сахалыы саҥарабыт.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1994.— 48 с.

Сахалыы саҥарабыт. – Дьокуускай: Ситим, 1994.– 2-е изд. – 2008.- 48 с.

Сахам сирин кыыллара: кырачааннарга хоһооннор.— Дьокуускай: Бичик, 2008.— 32 с.

Сүрэх баҕатынан: ырыанньык.— Дьокуускай, 2004.— 160 с.

Үйэ үөскэппит геройа: поэма.— Үөһээ Бүлүү: Улуустааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдела, 2000.— 99 с.

Чэйиҥ эрэ, ыллыаҕыҥ: оҕолорго аналлаах ырыанньык.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1992.— 32 с.

Бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалара, хоһоонноро

Ааккар махтал тиэрдэллэр: [народнай учуутал М. А. Алексеевка анабыл хоһоон] //Коммунизм сардаҥата.— 1978.— Балаҕан ыйын 30 к.

Баҕабыт күүһүнэн //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Балаҕан ыйын 26 к.

Күндү реликвия //Коммунизм сардаҥата.— 1985.— Муус устар 9 к.

Сүүрбэһис үйэ Улуу Учуутала: [народнай учуутал М. А. Алексеев] //Үөһээ Бүлүү.— 2007.— Муус устар 27 күнэ ; Ыам ыйын 1 күнэ ; Ыам ыйын 4 күнэ ; Ыам ыйын 15 күнэ ; Ыам ыйын 18 күнэ.-  С. 3; Учуутал аргыһа.— 2007.— Ыам ыйын 10 к.— С. 2-3.

Улуус кырдьаҕас оскуолата //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Тохсунньу 13 к.

Олоҕун уонна айымньыларын туһунан

***

Григорьев М. П. ҮөһээБүлүү улууһун суруйааччыларын төрүччүлэрэ / [М. П. Григорьев; ред.сэбиэт: В.С. Поскачин уо.д.а.; худ. Н.Д. Сибиряков]. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015. – 220 с.

Үөһээ Бүлүү өҥ буоруттан… / [Адм. «Верхневилюйский улус  (район)»; сост. О.Д. Федорова, Г.А. Саввинова] . – Якутск : Медиа-Холдинг «Якутия», 2012. – 242 с. –

***

Архипов Н. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» авторын кытта соһуччу көрсүһүү //Саха сирэ.— 2003.— Ыам ыйын 8 к.— С. 1.

Быралгы-Кухотов, Баһылай. Ол күһүн : [Саха Республикатын Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, “Гражданскай килбиэн” знак кавалера Одорусов Петр Поликарпович туһунан] // Үөһээ Бүлүү. – 2007. – Балаҕан ыйын 4 күнэ. – С. 7.

Васильева, Н. «… Талаһа кэбиһэн таһырдьа таһаартын…» //Саха сирэ.— 1996.— От ыйын 23 к.

Данилова, М. Учуутал уонна хоһоонньут //Коммунизм сардаҥата.— 1981.— Ыам ыйын 5 к.

Игнатьева, Е. Долгутуулаах көрсүһүү //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— Муус устар 28 к.

Лукина, А. «Эйиэхэ үөрэммиппитинэн дьоллоохпут!» //Коммунизм сардаҥата.— 1991.— Ыам ыйын 25 к.

Кухотов, В.-Быралгы. Киэн туттабын //Ил Түмэн Хотун Бүлүүгэ.— 2006.— Ахсынньы 8 к.— С. 2.

Михайлова М. Барҕа махтал буолуохтун!: [Исидор Барахов аатынан орто оскуола учууталлара Одорусов П.П. о.д.а.] //Үөһээ Бүлүү.— 2009.— Алтынньы 2 к.— С. 4,5.

Мойтохонова А. Учуутал-поэт ыалдьыттаата //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— Бэс ыйын 16 к.

Петр Одорусов кинигэтин презентацията //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— Муус устар 30 к.

П. П. Одорусов Саха сирин суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылылынна //Хоһуун.— 1997.— Ахсынньы 13 к.

П. П. Одорусовка «Саха Республикатын үтүөлээх учуутала» аат иҥэрилиннэ //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Алтынньы 16 к.

Петрова, В. Поэт Одорусов П. «Олоҕу туойабын» кинигэтин презентацията: [сценарий].— Үөһээ Бүлүү: Киин библиотека, 1991.— 4 с.

Петрова, В. Поэт Петр Одорусов «Чэйин эрэ, ыллыаҕыҥ» ырыанньыгын презентацията: [сценарий].— Үөһээ Бүлүү: Киин библиотека, 1993.— 4 с.

Полятинскай, В. Учууталбыт ырыата //Кэскил.— 2002.— Кулун тутар 8 к.— С.8.

Попов В. Биэс кинигэ презентацията: [П. Одорусов «Саха сайдар биһигэ» о.д.а.] //Үөһээ Булуу.— 1996.— Ахсынньы 3 к.

Рахлеева А. Сүгүрүйэн туран махтанабыт //Забота-Арчы.— 2006.— Бэс ыйын 8 к.

Семенов Г. Петр Одорусовка — Александр Самсоновтан //Саха сирэ.— 2004.— Муус устар ый 23 к.— С. 6.

Спиридонов, Д. Сылайбат-элэйбэт //Коммунизм сардаҥата.—1991.— Ыам ыйын 14 к.

Судинов, В. Талааннаах педагог //Коммунизм сардаҥата.— 1980.— Атырдьах ыйын 21 к.

Тимофеева, Ульяна Терентьевна.  Тыыннаахтар умнубат сыллара // Үөһээ Бүлүү. –

  1. – Ыам ыйын 17 күнэ. – С. 10.

Тобуруокап Н. Бэйиэт дьоло — ырыалара //Саха сирэ.— 2006.— Ыам ыйын 4 к.— С.11.

Урсун. Ырыа тылын айааччы //Чолбон.— 1996.— № 1.— С. 182.

Федорова И. Мин көҥүл сахабын, мин көҥүл киһибин.— Үөһээ Бүлүү, 2006.— 84 с.

Ыйылааскай, Б. Ити буолар киһи диэн //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— От ыйын 11 к.

Чыычаахап, У. Киниэхэ үөрэммит дьоллоохпун //Чолбон.— 2007.— № 3.— С. 43.

Чыычаахап У. Киниэхэ уһуйуллубут, үөрэммит дьоллоохпун //Үөһээ Бүлүү.— 2006.— Алтынньы 13 к.— С. 4,5.

Чыычаахап, У. Учууталым туһунан //Ил Түмэн.— 2006.— Сэтинньи 17 к.— С. 9.

Судинов, В. Учитель — это творчество //Соц. Якутия.— 1982.— 25 февраля.