“Эбэҥки дьоллоох поэта”

Кулун тутар 10 күнүгэр эбэҥки норуотун поэта, худуоһунньук Дмитрий Нестерович Апросимов төрөөбүтэ 95 сылын туолар. 1929 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Уус-Маайа оройуонугар Күп нэһилиэгэр булчут эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрээт, биир сыл Томпо оройуонун Дьабарыкы Хайа  бөһүөлэккэ шахтаҕа үлэлээбитэ.1951 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкально-художественнай училищеҕа туттарсан киирбитэ. 1956 сыллаахха, училищены бүтэрээт, өр сыл Уус-Маайа уонна Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар учууталлаабыта: […]

Муттуххай Бороҥ, Васильев Валерий Васильевич – 60 сааһа

/*! elementor – v3.12.1 – 02-04-2023 */ .elementor-heading-title{padding:0;margin:0;line-height:1}.elementor-widget-heading .elementor-heading-title[class*=elementor-size-]>a{color:inherit;font-size:inherit;line-height:inherit}.elementor-widget-heading .elementor-heading-title.elementor-size-small{font-size:15px}.elementor-widget-heading .elementor-heading-title.elementor-size-medium{font-size:19px}.elementor-widget-heading .elementor-heading-title.elementor-size-large{font-size:29px}.elementor-widget-heading .elementor-heading-title.elementor-size-xl{font-size:39px}.elementor-widget-heading .elementor-heading-title.elementor-size-xxl{font-size:59px} Күөртээх санаа ууһа – Муттуххай Бороҥ Муттуххай Бороҥ, Васильев Валерий Васильевич — суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс, Үөһээ Бүлүү улууһун “Үөдүгэй нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга. виртуальнай кинигэ быыстапката …Мин имик-самык умайар  Тоҥ чүмэчи тобоҕобун, Түлэй түүн ыас хараҥаны  Чаҕытар кыым оҕотобун…

Сабыйа ойуу- бичик хоһоонноро

Татьяна Ефремовна Винокурова – Сабыйа – 75 сааһа Улуукан Убайым алгыһын Ымыылаах арчылыыр тылларын – Миҥэбин дайытар кынаппын – Ытыктаан иҥэрэ сылдьаммын, Тэһиин да устата ыыппаппын. Айан тыалын аргыстанаммын Айар тыл байҕалын тыыраммын Баарыспын тииринэн устабын – Сүрэҕим ырыатын тардаммын, Күннээх сир олоҕун туойабын. Татьяна ВИНОКУРОВА-САБЫЙА — Үөһээ Бүлүү улууһугар Маҥааска төрөөбүтэ. 41 сыл устата учууталынан үлэлээбитэ. СӨ Суруйааччыларын […]

Үс бухатыыр, уоттаах сэрии буойуннара

Күүстээхтэн күүстээх, сымсаттан сымса Кус быһый, ат бөҕө дьоммут Бычырдаан, Буучугурас, Мордьоно Уруйдаммыт ааттара Оо, элбэх кыыс сүрэҕин долгутара. Оҕолорго, эдэрдэргэ Спорт диэн тыллыын бииргэ, сэргэстэһэн иһиллэрэ. Ситиһиллиэх элбэх чыпчаал ситимэ быстыбыта… Эрчимнээх, хоодуот, быыппастар быччыҥ ыччат Ийэ дойду көмүскэлигэр саа-саадах тутан, Фашист үөрүн өргөстөһө, ытык сэриигэ аттаммыта. Хапсаҕай — саха омугар бастакы нүөмэрдээх спорт […]

“Олох дьолун туойбут поэт” виртуальнай кинигэ  быыстапката

Вешников Гаврил Григорьевич — Баал Хабырыыс (15.04.1918—22.04.1969) — бэйиэт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1949). 2023 сыл муус устар 15 күнүгэр саха биллиилээх поэта, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта Гавриил Григорьевич Вешников – Баал Хабырыыс  төрөөбүтэ 105 сыла бэлиэтэнэр. 1918 сыллаахха муус устар 15 күнүгэр Курбуһахха Бороҕон улууһугар (билигин Уус-Алдан улууһугар) төрөөбүт. Дьокуускайдааҕы педтехникуму, Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрбит. Орто […]

Семен Данилов 105 сааһа

Саха Республикатын народнай поэта Семен Петрович Данилов 1917 с. кулун тутар 20 күнүгэр Горнай улууһугар төрөөбүтэ. Кини маҥнай кэпсээн суруйара. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1945 с. тахсыбыта. Ол эрээри кини поэзияҕа уһулуччу дьулуурдаахтык уонна талааннаахтык үлэлээн, саха поэзиятын Союз, аан дойду түһүлгэлэригэр таһаарсыбыт үтүөлээх. Ол курдук кини хоһоонноро Сэбиэскэй Союз омуктарын тылларыгар барытыгар кэриэтэ, ону ааһан […]