Арассыыйаҕа – Ийэ күнэ

Сэтинньи 27 күнүгэр дойду үрдүнэн Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Ийэ таптала саамай сылаас, саамай күндү, саамай эппиэти эрэйбэт күүстээх. Күндү ийэлэр! Оҕоҕут сылааһыгар убанан, инникигэ эрэллээх, дьоллоох буоларгытыгар баҕарабыт. Ийэ күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ! Сотору күүтүүлээх Саҥа Дьылбыт бырааһынньыга буолуо. Ийэлэргэ түбүктээх кэмнэр саҕаланаллар. Эдэр ийэлэргэ иистэнньэҥ Иванова Марианна Николаевна саҥа дьыллааҕы мааска таҥаһын быһарга сүбэ-ама маастар […]
Олоҥхо дьыктаана – 2025

Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар олоҥхо баай тылын- өһүн, билиини- көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллибит, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА — 2025» аахсыйаҕа уопсайа 7 киһи суруйда. «Бастыҥтан бастыҥ суруксут » үрдүк ааты ыллылар: Андреева Анна Ивановна — Өргүөт орто оскуолатын учуутала , Захарова Мария Николаевна — пенсионерка, Захарова Ирина Ильинична- Өргүөт модельнай библиотекатын заведующайа. Маны […]
Оллоонноон олорон олоҥхолуубут

Олоҥхо саха омук былыыр-былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта буолар. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар. Ол курдук, бу дьоһуннаах Олоҥхо күнүгэр, “Оллоонноон олорон олоҥхолуубут” диэн тэрээһиҥҥэ, Өргүөт нэһилиэгин тэрилтэлэрин үлэһит дьоно, эдэр […]
Татыйык уһуйааҥҥа ыалдьыттыыр

Сэтинньи 20 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгин “Туллукчаан-от” оҕо уһуйааныгар кыстыыр чыычаахтарга анаан уһуйаан иитээччилэрин кытта Өргүөт модельнай библиотеката кыттыһан айылҕаны, кыра кэрэ чыычаахтары харыстыырга аналлаах “Татыйык чыычаах” күнэ ыытылынна. Оҕолор бэркэ интэриэһиргээн кыстыыр чыычаахтары билистилэр, таабырын таайдылар, чыычаах туһунан хоһоон аахтылар, чыычаахтар саҥаларын таайдылар, чыычаах хамсаныыларын оҥордулар, барабыайдар тустарынан мультфильм көрдүлэр. Ийэлэрин кытта оҥорбут оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. […]
СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев

Сэтинньи 13 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ. Кини Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр сэтинньи 13 күнүгэр 1937 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1992 сылтан 2002 сылга диэри сатабыллаахтык салайбыта. 2002 -2010 сс. Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 2011-2016 сс. РФ […]
Большой этнографический диктант – 2025

В Оргетской модельной библиотеке прошла X Юбилейная Всероссийская просветительская акция «Большой этнографический диктант» 2025. Основная задача диктанта в том, чтобы у жителей России, наших соотечественников за рубежом появилось желание изучать свои корни, традиции своих предков, узнавать больше о тех, кто живет рядом. Ведь именно знание является основой для взаимного уважения и согласия между людьми разных национальностей. […]
Дапсы дьыктаана. Биһирэм тыл күнэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ — «Биһирэм тыл күнэ».Саха тыла чөл туруктаах буоларын туһугар элбэх сыратын биэрбит лингвист-учуонай, публицист, поэт, литературнай кириитик Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп — Дапсы төрөөбүт күнүгэр анаан сэтинньи 6 күнүгэр «Биһирэм тыл күнүн» иитинэн «Дапсы дьыктаана» аахсыйа ыытылынна. “Дапсы дьыктаана” Өргүөт модельнай библиотекатыгар буолла. Барыта 12 киһи кыттыыны ылла . 11 киһи […]
Всероссийская олимпиада «Символы России. Великая Отечественная война: Путь к Победе»

30 октября 2025 года в Оргетской средней школе имени Т.И. Петрова прошел первый этап Всероссийской олимпиады «Символы России. Великая Отечественная война: Путь к Победе». Всего участие в олимпиаде приняло 8 учащихся в двух возрастных категориях: от 10 до 12 лет и от 13 до 16 лет. Задания первого (отборочного) этапа олимпиады в каждой возрастной категории включало десять вопросов. Из этих […]
“Комсомольцы против Молодежи 21 века” квиз оонньуу

Бүгүн алтынньы 30 күнүгэр Өргүөт модельнай библиотекатыгар “Комсомольцы против Молодежи 21 века” квиз оонньуу буолла. 3 хамаанда кыттыыны ылла. Квиз оонньуу алта түһүмэҕин түмүгүнэн 1 миэстэ – “Омуннаахтар”, 2 миэстэ -“Орлята”, 3 миэстэ – “Сааскыйа”буоллулар. Викторина боппуруоһугар эппиэттээтилэр, комсомол туһунан сахалыы хоһоону нууччалыы переводтаатылар, комсомольскай агитационнай плакат оҥордулар, комсомол орденнарын билистилэр, хаһыатынан пилотка оҥордулар. Оонньуубут […]
Единый медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта «Читаем все» к Международному месячнику «Белая трость»

Сегодня, 24 октября в Оргетской средней школе проведен медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта библиотек РС(Я) «Читаем Все» к 90-летию И.Н. Егорова — Горного и Международному месячнику «Белая трость»ГКУ РС(Я) «Якутская республиканская специальная библиотека для незрячих и слабовидящих им. И.Н. Егорова – Горного» при поддержке Министерства культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия) запускает […]